
Оҕо кинигэни, сурунаалы кыра эрдэҕиттэн көрө, харыстыы , хартыынаны, ойууну кэпсии үөрэннэҕинэ, инникитин оскуолаҕа киирдэҕинэ туһалаах буолар. "Хомусчаан" оҕо уһуйаанын иитээччилэрэ "Чуораанчык" сурунаалы уларсан, оҕолорго көрдөрөн, остуоруйалары кэпсээн үлэлэригэр тутталлар. Бэлэмнэнии уонна улахан бөлөх оҕолоро сүрдээҕин сэҥээрэн көрөллөр, сорудахтарын толороллор. "Чуораанчык" сурунаал оҕолору элбэххэ үөрэтэр, билиини көрүүнү сомсорго тирэх буолар.